Бу таптал - Ponsash & Fiesta
Описание
Сахалыы ырыа Понсаш & Фиеста
Prod. by SAFE
SiMoON Playleest (Yagluth)
#music #ponsash #fiesta
#музыка #понсаш #фиеста
#сахалыыырыа #бэйэдьоно
#сахалыыырыалар
- Текст песни -
(Ponsash)
Таптал туhунан төhө ырыа суруллубутай?
Сүрэх долгуйан хаста ууллубутай?
Төhө элбэхтэ уол эн суолгар муммутай?
Хорсун бэйэтэ хас түүн муннаммытай?
(Ponsash)
Бу тапталы таайаары..
Эйигин ууран ылаары..
Бу тыыннаах тыллары
Ис дуһаттан анаары...
Припев 2х (Ponsash)
Бу сатамматах таптал буолуо суохтаах...
Таайбыт санаам хайаан да туолуохтаах...
Итэҕэй миэхэ эн эрэ сэгэриэм...
Ханна да буол мин өрүү кэтэһиэм...
Бу сатамматах таптал буолуо суохтаах...
Таайбыт санаам хайаан да туолуохтаах...
Итэҕэй миэхэ эн эрэ сэгэриэм...
Ханна да буол мин өрүү кэтэһиэм...
(Ponsash)
Эйигин көрсүбүт түгэммин кэмсимэппин,
Олоххун дьолунан толорорго бэлэммин,
Бу сиргэ таптыыбын туохтан да мин эйиигин
Бу күнү өр да күүппүт эбиппин..
(Ponsash)
Бу тапталы таайаары..
Эйигин ууран ылаары..
Бу тыыннаах тыллары
Ис дуһаттан анаары...
Припев 2х (Ponsash)
Бу сатамматах таптал буолуо суохтаах...
Таайбыт санаам хайаан да туолуохтаах...
Итэҕэй миэхэ эн эрэ сэгэриэм...
Ханна да буол мин өрүү кэтэһиэм...
Бу сатамматах таптал буолуо суохтаах...
Таайбыт санаам хайаан да туолуохтаах...
Итэҕэй миэхэ эн эрэ сэгэриэм...
Ханна да буол мин өрүү кэтэһиэм...
(Fiesta)
Миигин билбиккиттэн билигин
Кэлэн кэмсинимэ эн,
Көрсүбүт күннүттэн кэлэйэн умса
Көрөн турума сэгэриэм
Умнума, таптал диэн ааттаах
Бу сиргэ аптаах тыл баарын,
Итэҕэй бииргэ тумнуохпут
Мэһэйдэри биhиги иккиэн барытын
Арый хараххын уһугун тулаҕын көр атыннык,
Куттаныма кэл миэхэ чугаhыы түс дуу эн өссө кыратык,
Эн аттыгар хас үүнэр күн чахчыта
Аһары ааспытык, ама көрбөккун дуо,
Бу таптал, үллэстиэх аһаҕастык
Припев 2х (Ponsash)
Бу сатамматах таптал буолуо суохтаах...
Таайбыт санаам хайаан да туолуохтаах...
Итэҕэй миэхэ эн эрэ сэгэриэм...
Ханна да буол мин өрүү кэтэhиэм...
Бу сатамматах таптал буолуо суохтаах...
Таайбыт санаам хайаан да туолуохтаах...
Итэҕэй миэхэ эн эрэ сэгэриэм...
Ханна да буол мин өрүү кэтэhиэм...
(Fiesta)
Үйэлэргэ хаал, букатыныы миигин тал,
Итэҕэй эрэн бу таптал, сэрэнэн илиигин аҕал...
Crea. by Yagluth
Рекомендуемые видео


















